МКУ "Мегино-Кангаласская МЦБС"

АРАНГАССКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

"ОТКРЫВАЙ КНИГИ - ОТКРЫВАЙ МИР"

Удовлетворенность граждан работой государственных и муниципальных организаций культуры, искусства и народного творчества


Меры социальной поддержки участников СВО и членов их семей


Аранас нэһилиэгэ

Арангасский наслег Мегинского улуса в письменных источниках известен с 1879 года. По переписи 1897 года в нем было 108 хозяйств, проживало 259 мужчин и 266 женщин. В наслеге в основном проживают Сотниковы, Габышевы, Олесовы, Прибылых, Цыпандины и Кычкины. В 1917 г. после февральской революции, в Мегинском улусе и его наслегах были созданы Комитеты общественной безопасности (КОБ)- местные органы Временного правительства. Председатель КОБ Арангасского наслега стал Н.Г.Кычкин.
Хронологические данные
- 5 сентября 1920 г. был образован Арангасский насревком – председатель М.А.Дьяконов.
-В 1929 г. в наслеге появились первые артели- «Туруммут», «Чараҥ», «Чагда», «Чыбаада», «Хатыспыт» и т.д. В 1935 г. на их базе образовались 2 колхоза: «Кыһыл сомоҕо», им. Ворошилова.
-В 1941-45 г.г. жители Арангасского наслега храбро сражались на фронтах Великой Отечественной войны, самоотверженно и героически трудились в тылу. среди них колхозницы Е.Ф.Птицына, Е.С.Цыпандина, Ф.Г.Кулаковская, Е.Д.Олесова, Е.И.Олесова. Председатель колхоза им. Ворошилова П.И.Калачев в 1941 году стал инициатором сбора теплой одежды для нужд фронтовиков. Из наслега ушли на фронт 47 человек, из них вернулись 27 человек.
-В 1952-53 г.г. маленькие колхозы обьединились в колхоз «Октябрь», в 1965 году Таратская бригада вошла в состав колхоза им. М.Горького, стала отделением производящим молоко, мясо, зерновые.
-1964-1985 г.г объединились колхозы в совхоз им «М. Горького»
-1985-1994 г.г. реорганизовано в Мегинский совхоз
-С 1994г- образовалась местная администрация
Гордостью нашего наслега являются:
• М.С.Яковлева- знатная доярка, кавалер ордена Ленина (1979),
• Н.Е.Яковлев- строитель, кавалер ордена «Знак Почета»
• И.Р.Цыпандин- лучший комбайнер района , кавалер ордена Трудовой Славы 111 степени (1976), обладатель знака «Ытык а5а».
• М.С.Гоголева- первый медик – орденоносец района ,кавалер ордена «Знак Почета»,
• Т.С.Максимова- знатная телятница, кавалер орденов «Знак Почета», Трудового Красного Знамени,
• Т.А.Цыпандина- знатная телятница, кавалер ордена Трудового Красного Знамени,
• А.М.Цыпандина- знатная доярка, кавалер ордена Трудового Красного Знамени,
• Е.И.Цыпандин- Почетный шахтер СССР, кавалер орденов «Знак Почета», и Трудового Красного Знамени,
• Заслуженные работники народного хозяйства Республики Саха (Якутия): Олесов И.И., Куличкин Ф.И. и.т.д.
Наш наслег известен прославленными спортсменами братьями- Р.И.Цыпандин- чемпион мира по вольной борьбе среди ветеранов, мастер международного класса, многократный чемпион России, Республики, Н.И.Цыпандин- трехкратный чемпион мира по самбо, пятикратный чемпион Европы, международный мастер спорта и др.
М.Е.Киренская- Мать- героиня, участница воздушной трассы АЛЯСКА-СИБИРЬ, Почетный старейшина РС(Я). обладатель знака «Үйэ саас». Почетный гражданин Мегино-Кангаласского улуса, Арангасского наслега.

В настоящее время в наслеге работают школа-сад, почта, ветучасток, медпункт, спортзал, социально- культурный центр, библиотека, сельскохозяйственный кооператив-1, крестьянское хозяйство-1.

Ыам ыйын 27 күнэ – Бүтүн Россиятааҕы Бибилэтиэкэ күнэ

Араҥас нэһилиэгин бастакы библиотекара Кулаковская Александра Дмитриевна

Бастакы библиотекарь
Александра Дмитриевна 1915 сыллаахха муус устар 15 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Доллу нэһилиэгэр Дарья Абраамовна, Дмитрий Кузьмич Кулаковскайдарга күн сирин көрбүтэ. Төҥүлү оскуолатыгар үөрэммитэ 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены кэтэхтэн үөрэнэн ситиһиилээхтик түмүктээн учуутал идэтин баһылыыр. 1943-1949 сылларга Дьабыыллааҕы оҕо дьиэтигэр иитээччинэн үлэлиир. Бу үлэлиир сылларыгар Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, военрук үлэтин толорор, байыаннай дьыалаҕа оҕолору, улахан дьону үөрэтэр. Александра Дмитриевна бэйэтин ахтыытыттан: “Военруктар диэн ааттанарбыт. Аҕа дойду көмүскүүр сэрии сылларыгар араас түгэннэр бааллара. Олортон биири кэпсээтэххэ маннык: 1942 сыллаахха кыһын тохсунньуга Майаҕа өрүс илин эҥэринээҕи оскуолаларга үлэлииргэ анаан военрук учууталлар сбордара буолбута. Үөрэхпит армиятааҕы режиминэн барара. Арыт кэтээн көрүү оҥордохпут аатыран, Майа сыырын үрдүгэр солооһуҥҥа хаарга батары түһэн сытан тугу көрбүппүтүн командирбытыгар арааппардыырбыт. Мас саа оҥотторон строевой бэлэмнэниигэ үөрэтэрбит. Сорох дьон “Пли!” диэн командаҕа сааларын иннилэрин диэки анньаары умса баран түһэ сыһаллара. Ол курдук сэниэлэрэ суохтара.1943 сыллаахха от ыйыгар Чурапчыга биир ыйга эмиэ военруктар сбордара буолбута. Утатан, аччыктаан строевой хаамыынан ыллыы-ыллыы, остолобуойга чугаһаан эрдэхпитинэ, ким эмэ ыллаабакка иһэрин таба көрөн, төттөрү эргитэн, онон-манан хаамтараллар, туһугар кыһыылаах буолара
Доруобуйата мөлтөөн оскуолаттан уурайан эмтэнэн баран култуура үлэтигэр көһөр. 1956-1960 сыллардаахха Төҥүлүгэ библиотекарынан үлэлиир 1968-1976 сылларга Тарат бөһүөлэгэр библиотекарынан үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылларыгар оскуола оҕолорун библиотекаҕа сыһыаран кинигэни ааҕарга умсугуппута. «Алгыс» ветераннар түмсүү салайааччыта Птицына Парасковья Константиновна маннык ахтар «Александра олус сымнаҕас, үтүө санаалаах киһи этэ. Дьон олоҕо тупсарыгар үлэ бөҕө ыытара. Хаһыаттан ааҕан арыгы буортутун, ыраас олох туһунан, Аан дойду балаһыанньатын, оҕону иитиигэ зонаны кэриийэ сылдьан лекция ааҕара. Хаһыаттартан кырыйан паапка арааһын оҥороро. Таракка бастакы теплицаны олордон, үүнэрбит огурсутуттан,помидоруттан оҕолоох ыалларга бэрсэрэ. Оҕолорго битэмиин наада диирэ.»
Александра Дмитриевна общественнай корреспондент быһыытынан элбэхтик суруйара. Ол курдук «Ленинскэй знамя», «Кыым», «Политическая агитация», «Народное творчество», «библиотекарь» курдук издательстволартан элбэх махтал суруктара туоһулуур.
Нэһилиэк, колхоз араас култуурунай , общественнай, агитационнай үлэлэрин, кэнчээри ыччаты иитиигэ үгүс сыратын уурбутун туоһулуур грамоталарынан, дипломнарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Төҥүлү нэһилиэгин «Эбэ түгэх», интернат уокуруктарыгар, Араҥас нэһилиэгэр депутатынан талыллан үлэлиир, 11 пятилетка 2 –с степеннээх «Молодой гвардеец» знагынан бэлиэтэнэр. “Үлэ ветерана» мэдээлинэн на5араадаламмыта.

Ленинградская блокада

Ыам ыйын 18 күнэ-музей күнэ

Дьыллар-күннэр ааһан күдэн буолан симэлийэллэр, арай ол ааспыт кэм туоһутун музейдар кичэллээхтик харайан, кэпсии-ипсии тураллар.
Ыам ыйын 18 күнэ дойду үрдүнэн Музей аан дойдутааҕы музей күнэ бэлиэтэнэр.
Муос абылаҥа кулууп үлэтэ
Муос абылаҥа
Библиотека иһинэн "Муос абылаҥа" кулууп быйыл култуура уонна спорт эстафетатыгар ситиһиилээхтик кытынна


Викторины флешбек в советское кино

Матта нэһилиэгин библиотекатын викториналарыгар киирэн кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Олус интэриэһинэй викториналар. Билиигитин чиҥэтиҥ, хаҥатыҥ.

Мин сааһым, мин баайым

Күн кэриэтэ күндүгүт,

Күндү дьоммут кырдьаҕастар.

Күн уотунуу сылааскыт,

Көмүс дууһалаах аанньаллар.



Манна баттаан, бэйэҕин тургутан көр


Office

An office manager is an employee managing an office. As a rule, this employee is introduced into the state of the central (head)

В единстве наша сила

Россия не только самая большая по территории страна на нашей планете, но и одна из самых разнообразных по энтическому составу. Национальное многообразие - настоящее богатство России. У каждого народа своя культура, свои традиции, свой исторический опыт. Совместная жизнь таких разных народов, как и в семье, невозможна без взаимного уважения, умения ладить друг с другом. Самое главное в совместной жизни- научиться с уважением относиться к традициям каждого народа


Нажми ссылку

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн

ААХ. БИЛ. КЫАЙ
Култуура сылыгар анаммыт, билиини-көрүүнү тургутар "ААҔЫҤ" бырайыак Төҥүлү нэһилиэгэр үһүс сүүмэрдиир оонньуута түмүктэннэ. Муус устар 14 күнүгэр Төҥүлү нэһилиэгин култууратын киинигэр 6 нэһилиэк кыттыылаах "ААХ.БИЛ.КЫАЙ" өй-санаа оонньуута үһүс төгүлүн ыытылынна. Оонньуу ыытыллар сүрүн сыаланан-соругунан ааҕыыны көҕүлээһин, хамаандалар билиилэрин тургутуу буолар. Нэһилиэктэртэн 4 кыттааччылаах 6 хамаанда кытынна: 🔰 Сардаҥа (Дьабыыл) 🔰 Дьулуур (Тарат) 🔰 Доллу (Тумул) 🔰 Ситим (Балыктаах) 🔰 Тэтим (Төҥүлү) 🔰 Дьулус (Матта) Оонньууну М. И. Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Лилия Платоновна Федорова иилээн ыытта. Хамаандалар бастакы түһүмэххэ 2 -лии ыйытыылаах тургутукка эппиэттээтилэр, иккискэ — айымньы аатын, үһүс түһүмэххэ ырыа ааптарын уонна төрдүс түһүмэххэ айымньы дьоруойун таайдылар. Бэһис түһүмэх "Тобул" диэн ааттанан, манна хамаандалар барыта 7 боппуруоска эппиэттээтилэр. Боппуруостар биир эрэ тиэмэҕэ буолбакка, араас эйгэни (историяны, култуураны уо.д.а.) хабаллар. Бу оонньууну өссө интэриэһинэй уонна киэҥ таһымнаах оҥорорун бэлиэтээтилэр. Оонньуу ис хоһооно дьону умсугутар, тардар күүстээх эбит диэн кыттааччылар сыаналаатылар Оонньуу кэнниттэн "Сөргүтүү" кинигэ ааптара, кыраайы үөрэтээччи, Төҥүлү нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ Ытык сүбэтин чилиэнэ, "Мэҥэ аат" бэлиэ хаһаайына Стручков Андрей Андреевич саҥа тахсыбыт кинигэтин туһунан сырдатта, хас биирдии бүгүн кэлбит бибилэтиэкэрдэргэ кинигэтин бэлэх уунна. И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыылаах Артур Томас Уоткин романынан "Ллойд Роуд стрит кистэлэҥэ" испэктээк көрдөрбүттэрин кэннэ уопсай түмүк таҕыста. Түмүккэ, "Ситим" Мэҥэ нэһилиэгин хамаандата ыам ыйын 27 күнүгэр буолар түмүктүүр оонньууга кыайыылаах хамаандалары кытта күөн көрсүөҕэ.
19 апреля- День единых действий в памяти о геноциде

19 апреля- День единых действий в памяти о геноциде советского народа нацистами и их пособниками в годы Великой Отечественной войны.

Библионочь 2026
Диктант Победы
24 апреля 2026 года во всех регионах России и за рубежом проводилась Международная патриотическая акция «Диктант Победы» — исторический диктант на тему событий Великой Отечественной войны.
«Диктант Победы» проходит ежегодно с 2019 года. В этом году он посвящён 85-летию начала Великой Отечественной войны и 130-летию со дня рождения маршала Советского Союза Георгия Константиновича Жукова. Отдельная часть заданий затрагивает события специальной военной операции.
Патриотическая акция организована всероссийской политической партией «Единая Россия» совместно с Российским историческим обществом, Российским военно-историческим обществом и Всероссийским общественным движением «Волонтёры Победы» при поддержке Рособрнадзора, Россотрудничества, Минпросвещения и Минобрнауки России, Российского Союза ветеранов.
Өйдүүбүт! Сүгүрүйэбит?
Ыам ыйын 7 күнүгэр олохтоох библиотекаҕа Кыайыы 81сылын көрсө кылаас чааһа ыытылынна. Толкуйдаа. Аах. Кыай оонньуу ыытылынна. Оҕолор 2 хамаандаҕа арахсан олус көхтөөхтүк оонньоотулар."Молодая гвардия" хамаанда биир очконан чорбойон кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Ыам ыйын 8 күнүгэр Араҥас нэһилиэгин олохтоохторо Кыайыы монуменыгар сэлэлээн хааман тиийэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын ахтан санаан аастылар. 1 мүнүүтэ чуумпуран туран иһийдилэр. Саллаат хааһытын амсайдылар. Оскуола оҕолоро, уһуйаан иитиллээччилэрэ хоһоон аахтылар, С.Г. Олесова аатынан оскуола учууталлара, үөрэнээччилэр байыанай хаамыыны, Вальсы үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Киэһээтин түөлбэлэринэн сүүрүүгэ күрэхтэһии ыытылынна. Монумеҥҥа "Өйдөбүнньүк чүмэчи" уматыыта буолла.
Үүт -үкчү
Хаартысканы тилиннэрэн " Үүт- үкчү " конкурс кыттыылаахтара
Кыайыы түннүгэ
Кыайыы түннүгэ
Свеча памяти
Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ.
Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ.
Ыам ыйын 15 күнэ. Дьиэ кэргэн – уопсастыба тулхадыйбат төрдө, омук сайдыахтаах, инникилээх кэскилэ. Дьиэ кэргэн хайдах туруктааҕыттан, кини хайдах дьаһанан олороруттан бүтүн норуот олоҕо тутулуктаах. Дьиэ кэргэн – судаарыстыба тирэҕинэн буолар. Иллээх, бигэ туруктаах, чөл олохтоох дьиэ кэргэнтэн кэскиллээх ыччат иитиллэн тахсар. Дьиэ кэргэн – хас биирдии киһиэхэ саамай күндүтэ. Бу өбүгэлэрбит саҕаттан саҕаланан биһиэхэ, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр салҕанар. Бу дьиэ кэргэҥҥэ өй-санаа күүһэ, төрөөбүт дойдуга таптал, аҕаттан уолугар, ийэтиттэн кыыһыгар бэриллэр сыаннастар, үгэстэр буолаллар. Дьиэ кэргэҥҥэ үйэ-саас тухары мунньуллубут, бэриллибит олох муудараһын иҥэринэн, бу үйэтитиини салгыырга кыһаллабыт.
Барыгытын Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэлиибит! АлаҺа дьиэҕитигэр ил-эйэ эрэ уйаланнын!
Дьиэ кэргэн күнэ
Дьиэ кэргэн күнэ
Ыам ыйын 25 күнэ- ОЛОҤХО КҮНЭ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан Айсиэн Николаев уурааҕынан ыам ыйын 25 күнэ «ОҺУОХАЙ» күнүнэн биллэриллибитэ. Ыйаах сүрүн соруга – Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх духуобунай баайын – саха төрүт үҥкүүтүн «Оһуохайы» харыстааһын уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы.
Оһуохай — сахалар былыргы үҥкүүлэрэ. Сиэри-туому тутуһууну кытта ситимнээх. Былыргы сахалар аан дойдуну көрүүлэрэ бу үҥкүү хамсаныыларын нөҥүө биллэр. Оһуохайдыырга элбэх киһи эргимтэҕэ туран анал хатыланар хамсаныылары оҥоро-оҥоро уонна биир киһи тылын үтүктэн ыллыы-ыллыы күн хоту эргийэллэр.
Самаан сайын кэлиитинэн, Оһуохайбыт күнүнэн, Сахабыт сирин олохтоохторугар туох баар бу күн сиригэр кэрэни, сырдыгы баҕарабыт!
Сахалар бу уустук кэмнэргэ төрүт үгэспитин, култуурабытын умнумуоҕуҥ, сомоҕолоох, түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Оһуохайбыт үйэлэргэ дуорайдын!
Оҕо - олох сибэккитэ
Бу быраагһынньык бэлиэтэ-сир саарын оҕолор кууһан тураллар. Хас биирдии оҕо тапталга улаатыахтаах.Оҕолор үөрэ-көтө сылдьыахтаахтар, дойдуга, дьоҥҥо туһалаах буоларга кыһаныахтаахтар.Кинилэр Ийэ дойдуларын ийэлэрин курдук таптыахтаахтар.

Оҕо саас-хаһан да умнуллубат саамай кэрэ кэм.

Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ
Күндү оҕолор!
Оҕо сааскыт дьоллоох, чаҕылхай буоллун, кэрэхсэбиллээх түгэннэринэн туола турдун! Үөрэниҥ, ыра санаанан кынаттаныҥ, саҥаны арыйыҥ, успуордунан уонна айар үлэнэн дьарыктаныҥ, билиигэ уонна улахан ситиһиигэ тардыһыҥ! Биһиги эһиги ситиһиилэргитинэн киэн туттабыт уонна инникитин күүстээх, ситиһиилээх, үүнэ-чэчирии турар кэрэ кэскиллээх Саха сирин

айан-тутан таһаарыаххыт диэн эрэнэбит.


СР Ил Дархана А. Николаев

Великий Пушкин
Александр Сергеевич Пушкин (1799-1837 гг.) – великий русский поэт, прозаик, драматург. Автор бессмертных произведений в стихах и прозе: романов “Евгений Онегин”, “Дубровский”, известных поэм “Руслан и Людмила”, “Кавказский пленник”, повести “Пиковая дама” и многих других, а также сказок для детей.
Александр Сергеевич Пушкин родился 6 июня (по старому стилю 26 мая) 1799 года в Москве в семье нетитулованного дворянского рода. Прадедом поэта по матери был африканец Абрам Петрович Ганнибал, являвшийся воспитанником и слугой царя Петра I.
В семье, кроме Александра Сергеевича, было еще двое детей – сын Лев и дочь Ольга. С 1805 по 1810 год Пушкин проводил много времени (особенно летом) у своей бабушки в подмосковном селе Захарове. Именно бабушка наняла Арину Родионовну Яковлеву, няню, которую так полюбил юный Пушкин. В 1811 году Пушкин учился в Царскосельском Лицее. В биографии Пушкина важно выделить, что впервые его стихи появляются в печати в 1814 году, в журнале «Вестник Европы», где публикуется его стихотворение «К другу-стихотворцу». В этот же период поэта принимают в литературное общество «Арзамас».
На дальнейшее творчество молодого Пушкина огромное влияние оказали труды таких классиков русской литературы, как Батюшков, Жуковский, Фонвизин и Радищев.
В 1837 году между Александром Сергеевичем Пушкиным и Жоржем Дантесом возник конфликт. Пушкин вызывает Дантеса на дуэль, и в результате получает смертельное ранение в живот.
Умер поэт 29 января (10 февраля) 1837 года.
Пушкин остуоруйалара
Пушкин остуоруйаларынан персонажтар
22 июня . Война на уничтожение .
Великая Отечественная война показала, что победить врага может только идейно и духовно сплоченное общество.

На защиту Родины от нацизма встала вся многонациональная страна. В рядах Красной Армии сражались представители более 200 национальностей. Героизм и подвиги солдат на фронте поддерживались мужеством, стойкостью и массовым героизмом тружеников в тылу. 12 городов получили звание "Город-герой", Брестская крепость- звание "Крепость-герой". 47 городам присвоено звание "Город воинской славы". 70 городам присвоено почетное звание "Город трудовой доблести". 35,5 млн человек было мобилизовано в армию. 201 человек получили звание Героя Социалистического труда в годы Великой Отечественной войны. 11696 человек были удостоены звания Героя Советского Союза.

Алгыстаах ыһыаҕынан
Былыргыттан сахаларга ордук күүтүүлээх күн- ЫҺЫАХ күнэ. Өбүгэлэрбит тымныы кыһыны ыараханнык туорууллара. Кинилэр сүөһү ииттэн олорбуттара.Отторо-мастара тиийбэтэ. Онон сайын кэлэрэ дьол, үөрүү этэ.

Ыһыах бэс ыйыгар буолар. Айыылартан, сир-дойду иччилэриттэн көрдөһөбүт. Сарсыарда күн тахсарын көрсөн ыраастанабыт. Ыһыахтаан былыргы сахалар саҥа дьылы көрсөллөрө. Ынах, сылгы баайдаах буолан, эт, кымыс, саламаат дэлэйэ. Ат сүүрдүүтэ, түүннэри оһуокай буолар. Күүстээхтэр атах оонньоон, тустан, мас тардыһан күрэхтэһэллэр. Ыһыах- үрдүк үөрүүлээх күн.

Дотянуться до мечты
Бэс ыйын 23 күнүгэр Араҥас нэһилиэгин ыһыаҕар, успуорт эйгэтигэр Саха сирин Аан дойду таһымыгар үгүстүк ааттаппыт - самбоҕа Аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, успуорт үтүөлээх маастара, «Гражданскай килбиэн» уонна «Бочуоттаах динамовец» бэлиэлэр хаһаайыннара, улууспут Бочуоттаах олохтооҕо Николай Иванович Цыпандин 60 саастаах үбүлүөйүгэр ананна. Олохтоох библиотека, Николай бииргэ төрөөбүттэрин күүһүнэн турбут, «Дотянуться до мечты” выставканы дьон -сэргэ кэрэхсии көрдүлэр.
Библиотекаҕа биир сайыҥҥы күн
1 июля- День ветерана боевых действий
День ветеранов боевых действий — памятная дата, которая объединяет всех, кто принимал участие в военных конфликтах, защищая интересы и суверенитет Родины.
"Статус ветерана боевых действий присваивается военнослужащим, лицам рядового и начальствующего состава органов внутренних дел, войск национальной гвардии и органов государственной безопасности, работникам различных ведомств, связанных с обороной страны, проходящих службу в горячих точках и участвующих в боевых столкновениях".
В мае 2025 года вступил в силу закон, согласно которому ветеранами признаются военнослужащие, сотрудники правоохранительных органов и бойцы добровольческих формирований, участвовавшие в отражении вооруженного вторжения на территорию России.
Большой этнографический диктант
Бүгүн олохтоох библиотекаҕа Бүтүн Россиятааҕы " Большой этнографичекий диктант" акция5а кыттан 11 улахан киһи, 7 оҕо диктант суруйда. Кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит.
Аҕам саастаахтар күннэрэ
Алтынньы 6 күнүгэр "Билиибин-көрүүбүн ыччаппар аныыбын" о5олрго аналлаах тэрээһин.

1.Буортулаах астар 2.Тииспитин харыстыыбыт

3 Табах буортута

4. Баттаҕы көрүү- харайыы, лентанан баттах өрүү 5.Октябренок, пионер суолтата, түмсүүлэр. Декада түмүгэ: Оскуола о5олорун э5эрдэтэ.

- Викторина

- Бай, бары билэр сирэйдэрим

Мир един
Алтынньы 21 күнүгэр "Белая трость" медиаурок ыытылынна
Ийэ күнэ
Алтынньы 23 күнүгэр "Бу кимий?" интеллектуальнай оонньуу ыытылынна
Аалай уоттаах сулуһум
Альынньы 29 күнүгэр Комсомол күнүгэр түмсэн ахтыһан аастыбыт.

1.Ахтан санаан ааҕыаҕыҥ, ол умнуллубар сыллары

2.Викторина

3. Эдэр сааһым ырыалара

Алсиб- трасса мужества
Сэтинньи 5 күнүгэр Тумул орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ кылааһынан (кылаас салайааччыта,Парфенова Е.Н.,) Алсиб кистэлэҥ трассатын кыттыылааҕа Киренская М.Е. туһунан билсэ кэлэн бардылар
Кинигэ быыстапката
1." Алампа норуот сүрэҕэр" А.И. Софронов 140 сылыгар аналлаах

2."Саха чулуу уола" М.Е. Николавевка аналлаах

Географический диктант
22 ноября написали Географический диктант в библиотеке.
Впервые акция состоялась в 2015 году. За это время она приобрела по-настоящему международный масштаб: в ней приняли участие более 5 миллионов человек из 140 стран мира. Сегодня Географический диктант занимает особое место среди крупнейших просветительских инициатив в области географии и продолжает объединять людей, которым интересно узнавать новое о нашей стране.
В 2026 году акция проходит при поддержке Фонда президентских грантов в рамках направления «Наука, образование и просвещение».

Благодарим всех участников Географического диктанта!