Новости библиотеки
25.11.2024
Биһиги хайа баҕарар норуокка киэн туттан сэһэргиибит ийэ тылбыт сүмэтин, сүөгэйин иҥэриммит олоҥхобут буолар. Саха норуотун талааннаахтара айбыт уус уран айымньыларыттан бары өттүнэн баай ис хоһооннооҕунан, ойуулааһынынан, толоруутунан, философиятынан, кээмэйинэн ОЛОҤХО биһирэнэр. Норуот бу сүдү баайын үйэлэртэн -үйэлэргэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ билиҥҥи кэм ыччаттарыгар тиийэ олоҥхоһуттар аҕалбыттара.
Бу сигэни баттаан бэйэҕит тургутан көр: https://onlinetestpad.com/6tblujwokofcg
Бу сигэни баттаан бэйэҕит тургутан көр: https://onlinetestpad.com/6tblujwokofcg
13.11.2024
Михаил Ефимович Николаев Саха сиригэр үрдүкү дуоһунаска олорбут дьоннортон хайаларыттан да- саха, нуучча, эбээн буоллун кимиэхэ барытыгар туһалааҕы, кэскиллээҕи оҥорбут, онон дьон-сэргэ барҕа махталын, эрэлин ылбыт дьоһун салайааччы, бас-көс киһи буоларын бэлиэтиибит. Билинии, ытыктабыл кимэхэ да мэнээк кэлбэт.
Бу ссылканан киирэн билиигин хаҥат. https://onlinetestpad.com/fngzejfi2copy
Бу ссылканан киирэн билиигин хаҥат. https://onlinetestpad.com/fngzejfi2copy
06.11.2024
Книжная выставка по 2- му республиканскому антифашистскому форуму.
Антифашизм -это движение за равенство, справедливость и мир. Оно напоминает нам, что каждый человек имеет значение и право на свободу. Мы все можем внести свой вклад, действуя вместе против ненависти и непонимания стремясь к лучшему будущему для всех. Помните, что изменения начинается с нас, и каждый может стать героем в борьбе за лучший мир.
Антифашизм -это движение за равенство, справедливость и мир. Оно напоминает нам, что каждый человек имеет значение и право на свободу. Мы все можем внести свой вклад, действуя вместе против ненависти и непонимания стремясь к лучшему будущему для всех. Помните, что изменения начинается с нас, и каждый может стать героем в борьбе за лучший мир.
02.11.2024
Сегодня мы говорим о замечательной дате в нашем календаре. 4 ноября страна отмечает День народного единства. Этот праздник был учрежден в память о событиях 1612 года, когда народное ополчение под предводительством Кузьмы Минина и Дмитрия Пожарского освободило Москву от польских интервентов. Именно этот день исторически связан с окончанием смутного времени в России в 17 веке.
Предлагаем вашему вниманию тест, посвященную Дню народного единства. Нажми на эту
ссылку: https://onlinetestpad.com/jmcywbr3675re
Предлагаем вашему вниманию тест, посвященную Дню народного единства. Нажми на эту
ссылку: https://onlinetestpad.com/jmcywbr3675re
28.10.2024
"Эн комсомол кэккэтигэр иитиллэн, буһан-хатан, үүнэн- сайдан тахсыбытыҥ. Олоххо сырдыгы, кэрэни тэниппит, сүүһүнэн ыччаты бииргэ түмпүт эдэркээн сааспыт аргыһа. Комсомол өрүүтүн даҕаны Эн олоххор айар-тутар суолдьутуҥ, кыайыыттан кыайыыга ыҥырар сулуһуҥ буолуохтуҥ."Биһиги көлүөнэ маннык идеянан улааппыппыт.
https://onlinetestpad.com/n7onsregwocsu Маны баттаан,эдэр сааскын санаа, билиигин тургут
https://onlinetestpad.com/n7onsregwocsu Маны баттаан,эдэр сааскын санаа, билиигин тургут
25.10.2024
Акция ежегодный единый медиа - урок "Мир Един" в рамках сетевого проекта "Читаем все" к Международному месячнику " Белая трость".
24.10.2024
Ийэ- бу эйиэхэ олоҕу бэлэхтээбит аанньал. Сиргэ түспүт таҥара. Ийэ диэн күндү киһи. Ийэ диэн күн киһи.
08.10.2024
Алтынньы 8 күнүгэр "Мин сылларым, мин баайым"декада ыытылынна.
Программата:
1. Льготалар- адм. специалиһа Кычкина Н.Н.
2. "Доруобуйаҥ бэйэҥ илиигэр"- врач Петрова П.В.
3 Туоска МК- Олесова М.П., Бочкарева Н.И.
4.Харысхал МК- Соловьева А.А.
5. Аҕам саастаахтарга аналлаах хамсаныылар- Нестеров П.А.
6. Викторина- ыччат лидера Скрябина А.Н.
7. "АЙАР" саҥа кинигэлэрэ- Шестакова В.Н.
Программата:
1. Льготалар- адм. специалиһа Кычкина Н.Н.
2. "Доруобуйаҥ бэйэҥ илиигэр"- врач Петрова П.В.
3 Туоска МК- Олесова М.П., Бочкарева Н.И.
4.Харысхал МК- Соловьева А.А.
5. Аҕам саастаахтарга аналлаах хамсаныылар- Нестеров П.А.
6. Викторина- ыччат лидера Скрябина А.Н.
7. "АЙАР" саҥа кинигэлэрэ- Шестакова В.Н.
26.09.2024
Биһиги республикабыт 22 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыммыт Саха АССР Государственнай суверенитетын туһунан Декларацията дьон-сэргэ өйүн -санаатын уһугуннаран, төрөөбүт дойдубут олоҕун уйгутун бэйэтин көрүүтүнэн оҥостор, бастыҥ баҕата туолар олугун охсубута,былаас аныгы тутулун,парламентаризм института олохтонуутун, норуоттар көҥүллүк сайдар оҥкулларын уурбута.
22.08.2024
19.06.2024
Саха дьоно былыр-былыргыттан уһун кыһыны этэҥҥэ кыстаан, саас, онтон самаан сайын барахсан кэлэн, от-мас көҕөрөн, ситэн-силигилээн турдаҕына, окко киириэх иннинэ улуус улуустан, алаас алаастан мустан, ыһыах ыһан, көрү көҕүлүттэн, оһуохайы, ырыаны- тойугу оройуттан тутуллара. Манна быыспаттар былчыҥнаахтар, күүстээх-уохтаах мадьынылар, бүдүрүйбэт сүһүөхтээхтэр, кэрэ куоластаахтар, оһуохайдьыттар, кылыһахтаах тойуксуттар күрэхтэрэ тэриллэрэ. Ону сэргэ уус тарбахтаах иистэнньэҥнэр сыл устата тикпит оһуордаах- мандардаах таҥастара - саптара ыһыах түһүлгэтин олус тупсаран биэрэллэр.
Күндү ааҕааччылар, эһиэхэ туһалыа диэн санаанан салайтаран бу көмө кинигэлэри туттаргытыгар баҕарабыт.
Күндү ааҕааччылар, эһиэхэ туһалыа диэн санаанан салайтаран бу көмө кинигэлэри туттаргытыгар баҕарабыт.
19.06.2024
CӨ бастакы президенэ М.Е. Николаев 1995 с Азия оҕолорун оонньуутун ыытарга укаас таһаарбыта. 1996 сыл атырдьах ыйын 4-11 күнүгэр дылы бастакы Азия оҕолорун оонньуута буолбута. Бу оонньуу Олимпийскай хамсааһын 100 сылын көрсө ыытыллыбыта.Бастакы күрэхтэһиигэ 242 оҕо 7 Аан дойдуттан кыттыбыттара. Онтон ыла Азия оҕолорун оонньуута 4-түү сыл буола- буола ыытыллар. Быйылгы VIII-c Азия оҕолорун оонньуута бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр дылы ыытыллар. 3000 кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр. 239 наҕараада комплега, 24 араас көрүҥ күрэхтэһиигэ оонньонор. Оонньуу сүрүн сыалынан буолар: Аан дойдуга о5о спордун сайыннарыы, бииргэ үлэлээһин, бөҕөргөтүү.
11.06.2024
1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Россия историятыгар саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыта: бу күн Российскай Федерация государственнай суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыта. Россия күнэ- дьоһун суолталаах бырааһынньык. Өбүгэлэрбит сирдэригэр эйэ-дэмнээхтик олорор, үлэлиир дойду тутулуга суох уонна күүстээх буоллаҕына сарсыҥҥы күммүтүгэр эрэллээхпит.
06.06.2024
Москваҕа А.С. Пушкины үгүс дьиэлэр, уулуссалар уонна бульвардар "өйдүүллэр". "Пушкин ыллыга" диэн туристическай маршрут баар. Москва- улуу поэт төрөөбүт куората. Манна кини оҕо сааһа ааспыта. Киниэхэ саамай чаҕылхай өй-санаа бу куоракка иҥэриллибитэ.
06.06.2024
Бэс ыйыни1 күнүгэр Р.И. Цыпандин аатынан сынньалаҥ киинигэр " Ойор-тэбэр оҕо саас" диэн оҕолорго аналлаах тэрээһин буолан ааста
24.05.2024
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр ОҺУОХАЙ күнүн олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Ыйаах Арассыыйа норуоттарын культураларын үйэлээх баайын, саха төрүт үҥкүүтүн ОҺУОХАЙЫ харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах. Оһуохай күнэ сылын аайы ыам ыйын 25 күнүгэр бэлиэтэнэр.
17.05.2024
2019 с Араҥас нэһилиэгин историятын саалата тэриллибитэ. Бу музейга Араҥас нэһилиэгин олохтоохторо туттубут маллара-саллара өйдөбүнньүк буолан тураллар. Барыта 115 экспонаттаах. Сылын аайы экспонаттарбыт эбиллэн иһэллэрэ киһини үөрдэр. Кэлбит ыалдьыттар сылдьан, көрөн астынан бараллар. Билбэтэхтэрин- билэн, уруккуларын санаан үөрэллэр. Оскуола оҕолоро нэһилиэк историятын, өбүгэлэрбит туттубут малларын- салларын билсэллэр.